Улууспутугар сэдэх үтүө түгэн!
🔹 Бүгүн «Чүүйэ» хаһаайыстыбабыт хотонугар Вена диэн ааттаах ынахпыт үс игирэ ньирэйдэри этэҥҥэ төрөттө.
🔹 Хаһаайыстыба буоһатааччыта Роман Михайлович Алексеев буолар, былырыыҥҥы дьылга сиэмэлэммит ынах ууланыыта 98 бырыһыаҥҥа тахсыбыта - кини биир бастыҥ үлэһиппит буоларын көрдөрөр. Тэрилтэбитигэр бүгүҥҥү күҥҥэ 112 ынах төрөөн күннэтэ 1 650 киилэ үүт ыанар.
🔹 Үс сыллаах оҥорон таһаарыы сылларыгар бу түгэн үтүө бэлиэ буоллун, быйаҥнаах сайын кэллин, орто дойдуга ил-эйэ олохтоннун, үлэ күөстүү оргуйдун!
📱@dmitriytikhon0v