Быйыл сайыҥҥы лааҕырдарга 120 тыһ тахса оҕо сынньаныаҕа 2026 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо сынньалаҥынан, чэбдигирдиинэн уонна дьарыктаах буолуунан 120 ты…
2026 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо сынньалаҥынан, чэбдигирдиинэн уонна дьарыктаах буолуунан 120 тыһыынчаттан тахса үөрэнээччини хабар былааннанар. Бу үлэ «Саҥа оскуола» диэн «Биир Ньыгыл Россия» баартыйа норуодунай бырагырааматын, ону тэҥэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Дьиэ кэргэн» уонна «Ыччат уонна оҕолор» национальнай бырайыактарын чэрчитинэн ыытыллар.
«Ааспыт сылга биһиги РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтин өйөбүлүнэн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар баар «Илгэ» лааҕырга саҥа куорпустары үлэҕэ киллэрбиппит. Мин сыыппаралары көрөн баран, бу лааҕырдарга сынньаммыт оҕо ахсаана сэттэ төгүл кэриэтэ эбиллибитин өйдөөбүтүм», — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
«Оҕолор сыл устата сайыны уонна лааҕырга барыыны кэтэһэллэр. Кинилэр бука бары доҕотторун булалларыгар, алтыһарга үөрэнэллэригэр, бэйэлэригэр эрэллээх сананалларыгар көмөлөөх. Сменалар кэннилэриттэн оҕолор эрчимнэммит уонна мотивацияламмыт буолан кэлэллэр. Чөлүгэр түһэрэр лааҕырдар үөрэх сылын чөлүгэр түһүүнү уонна сынньалааны туһалаахтык атаарарга көмөлөөхтөр», — диэн Дьокуускай куоратын олохтооҕо, икки оҕолоох ийэ Ангелина Николаева санаатын үллэһиннэ.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ
Хаартыска: СИА
#Якутия2026