СУОЛГА СЭРЭХТЭЭХ БУОЛУҤ!
Суол быраабылатын хайаан да тутуһаргытыгар ыҥырабыт! Уруулга олорон сыыһа туттуу, болҕомтоҕуттан аралдьыйыы ыар түмүккэ тиэрдиэн сөп.
Сүрүн сүбэлэр:
• Түргэнник айаннаамаҥ. Суол усулуобуйатыгар сөптөөх түргэни талыҥ.
• Куруук массыына курун кэтэ сылдьыҥ. Оҕолоргутун анал олоппоско олордуҥ.
• Уруулга олорон төлөпүөнүнэн кэпсэтии, СМС суруйуу бобуллар.
• Арыгылаабыт туруктаах уруулга олорумаҥ.
Бэйэҕитин, дьоҥҥутун харыстааҥ! Суолга болҕомтолоох уонна сэрэхтээх буолуҥ!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата