🔹Ытыктабыллаах биир дойдулаахтарым!
Эһигини барыгытын оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин уонна тус бэйэм ааппыттан күргүөмнээх үлэни уруйдуур, аламай сааһы көрсөр, эйэни-дьолу кэрэһэлиир Үлэ, Эйэ, Саас бырааһынньыгынан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Күн ахсын кыһаллан-мүһэллэн, уйгу-быйаҥ олох туһугар үлэлиир үтүө дьоммутугар дириҥ махталбын тиэрдэбин. Биһиги бары биир сомоҕо буолан, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар тус кылааппытын киллэрэ туруоҕуҥ, дойдубут кэскилин түстүөҕүҥ.
Бу дьоро күн чэгиэн туругу, ыраас халлааны, дьиэ кэргэҥҥитигэр уйгу-быйаҥ олоҕу уонна саҥа үлэ ситиһиилэрин баҕарабын!
Эҕэрдэни кытта, Иннокентий Андросов,
оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ