УЛУУ КЫАЙЫЫ КҮНЭ МАЙАҔА Улуу Кыайыы 81 сылын бэлиэтиир тэрээһин Майа сэлиэнньэтигэр Кыайыы Монуменыгар, сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф…
Улуу Кыайыы 81 сылын бэлиэтиир тэрээһин Майа сэлиэнньэтигэр Кыайыы Монуменыгар, сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов пааматынньыгар дьоруойдуу хорсуннук кыайбыт буойуттарбыт сырдык кэриэстэригэр сибэкки дьөрбөтүн ууран сүгүрүйдүбүт.
Тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылын оҕолоро, олохтоохтор сэриигэ хорсуннук охсуһан, олохторун толук ууран, тыылга үлэни өрө тутан дойдуларыгар Кыайыыны аҕалбыт эһэлэрин, эбэлэрин, аймахтарын мэтириэттэрин тутан кэлбиттэр.
Бу бэлиэ күнүнэн улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, СӨ Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, “Майа сэлиэнньэтэ” тыа сирин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччыта Март Андреев, Арассыыйа успуордун үтүөлээх маастара, Арассыыйа биэс төгүллээх, Европа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, аан дойду призера, Олимпийскай оонньуулар кыттыылааҕа Василий Егоров, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Решетникова эҕэрдэ тыл эттилэр.
Биһиги улууспутуттан сэриигэ ыҥырыллан барбыт чулуу дьоммутуттан аҥаардарын эрэ кэриэтэ киһи дойдутугар төннүбүтэ. Махтал буоллун аҕа көлүөнэ дьоммутугар, дьоллоох, уйгулаах олох иһин турууласпыт дьоруойдарбытыгар!
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата