Ытыктабыллаах Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторо, үтүө үлэһит дьоммут!
Эһигини Сахабыт сиригэр Сайылык күнүнэн, самаан сайыммыт саҕаланар Ньукуолунунан улуус дьокутааттарын Сэбиэтин уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Күн сирин үрдүнэн уһун унньуктаах кыһын кэнниттэн, айылҕа уһуктан, саҥа олох саҕаланар. Бу күн, биһиги өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин тутуһан, күөххэ үктэнэн, Сайылыкка көһөн, кэлэр дьылбыт тускулун оҥорор күүстээх кэммит үүннэ. Түптэбит буруота унааран, үрүҥ аспыт дэлэйэр күннэрэ кэллилэр.
Тыабыт хаһаайыстыбатын салгыы сайыннарарга, улууспут олоҕун бигэ туруктаах оҥорорго эһиги, ытык дьоммут, оҥорор үлэҕитин олус сыаналыыбын. Хас биирдиигит күннэтэ дьаныардаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаргыт иһин махталбын тиэрдэбин!
Бар дьоммор баҕарабын чэгиэн буолууну, ыраас, эйэлээх халлааны, таһаарыылаах үлэни, үгүс ситиһиини, дьоллоох олоҕу!
Эҕэрдэни кытта,
оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Андросов